Читать онлайн Саха таабырыннара / Якутские загадки бесплатно

Саха таабырыннара / Якутские загадки

Таабырын төрдө Таам Татакай

Былыр өрөбөлүүссүйэ иннигэр саха дьоно-сэргэтэ кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ көмүлүөк оһох иннигэр олорон таабырыннаһар үгэстээхтэрин туһунан этнографтар, фольклористар И.А. Худяков, В.Л. Серошевскай, С.В. Ястремскай, саха маҥнайгы үөрэхтээхтэрэ А.Е. Кулаковскай, С.А. Новгородов, Г.В. Ксенофонтов бэлиэтээн аһарбыттара үгүс.

Дьэ уонна таабырыннаһалларыгар таабырын төрдө Таам Татакай аата бэрт элбэхтик ахтыллар, уос номоҕо буолар эбит. Э.К. Пекарскай, онтон кини кэнниттэн таабырыннары норуот тылынан айымньытын жанрын быһыытынан анаан үөрэппит С.П. Ойунская Таам Татакайы анал аат курдук көрбөттөр. Биһиги санаабытыгар, син эмиэ Сээркээн Сэһэн эбэтэр Олоҥхолоон Обургу курдук таабырыны толорууга, таайсыыга сыһыаннаах мифологическай уобарас буолуон сөп. Таам диэн таабырын диэн тыл олоҕун курдук көрүөххэ сөп. Оттон Татакай – таабырыны таайсыыга татакайдааһыны, соһуйууну-өмүрүүнү ойуулаан-дьүһүннээн, уобарастаан көрдөрүүнү кытта сыһыаннаах тыл дэгэтэ. С.П. Ойунская таба бэлиэтииринэн, таабырыннаһыы саҕаланыытыгар хайаан да этиллэр таабырыннаһыы саҕаланыытын көрдөрөр уос номоҕун да курдук көрүөххэ сөп. Былыр саха балаҕаныгар кыралыын-улаханныын мустан таабырыннаһан күө-дьаа буола олороллорун санатар. Ол да иһин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи саха олоҕун-дьаһаҕын анаан үөрэппит В.Л. Серошевскай кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ таабырыннаһыы оҕо аймах саамай сөбүлээн дьарыктанар дьарыга буоларын бэлиэтээбитэ мээнэҕэ буолбатах. Итиэннэ кини таабырыннар Саха сирин бары муннуктарыгар тэҥинэн тарҕаммыттарын анаан суруйбута. Саха литэрэтиирэтин аҕата А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй өс хоһооннорун, саха таабырыннарын сахалартан биир бастакынан Саха сирин кэрийэ сылдьан олоҕун устата хомуйбута уонна кинилэр эмиэ бары улуустарга тэҥинэн тарҕаммыттарын, биллэллэрин бэлиэтээбитэ. Кини хомуурун Н.Н. Толоконскай бэйэтин аатынан «при ближайщем участии учителя А.Е. Кулаковского» диэн дьаралык суруктаан бэчээккэ өрөбөлүүссүйэ иннигэр таһаарбыта. Кэлин биллиилээх историк Е.Е. Алексеев, фольклорист Н.В. Емельянов Өксөкүлээх Өлөксөй тус бэйэтин үлэтэ буоларын олохтоохтук быһааран тураллар.

Сахалыы сурук-бичик ааптара С.А. Новгородов саха таабырыннара оҕо өйүн-санаатын сайыннарарга, булугас өйдөөх буоларга туһалааҕын ыйара. Ол да иһин кини маҥнайгы сахалыы үөрэх кинигэтин бэлэмнээн таһаарарыгар таабырыннары хайаан да киллэрэри наадалааҕынан аахпыта. ТЛИ Институтун (билигин ГЧ уонна ААХНПИ) фольклористара фольклорнай-диалектологическай экспедицияларга сылдьан уонна биирдиилээн фольклору хомуйааччылар Саха сирин улуустарыттан үгүс таабырыны суруйан үйэтиттилэр. Билигин уопсайа НА СС Саха сиринээҕи Научнай киинин Рукописнай фондатыгар 15 тыһыынча таабырын араас варианнара уурулла сыталлар. Бу сыаната биллибэт сөҕүмэр баай матырыйаалы С.П. Ойунская анаан чинчийбитэ-үөрэппитэ уонна кандидатскай диссертациятын оччотооҕу Сэбиэскэй Сойууска биллэр фольклорист учуонай Б.Н. Путилов салалтатынан ситиһиилээхтик көмүскээбитэ. Кини саха таабырыннарын хомуурунньугун сахалыы, нууччалыы тылларынан бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыта. Онуоха 2855 таабырыны тоҕус суол бөлөххө наардаан киллэрбитэ. Хомуурунньукка саха киһитэ бэйэтин тулалыыр эйгэтин, айылҕаны, кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри, дьиэтин-уотун, туттар малын, туохха итэҕэйэрин туһунан уус-уран тылынан ойуулаан бэргэнник этэн таайтарар үгэстээҕэ көстөр.

С.П. Ойунская саха таабырыннарын наардааһыныгар олоҕуран, этнопедагог Е.П. Чехордуна ааптардыын бэйэтин кытта кыттыһан, учуутал И.К. Попов, учуонайдар Г.В. Попов, П.Н. Дмитриев кэнники хас да тэттик таабырыннарга аналлаах хомуурунньуктары бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыттара атыыга хамаҕатык барбыттара, билигин дэбигис көстүбэттэр. Сунтаар улууһун учуутала, кыраайы үөрэтээччи И.И. Иванов-Чопчу Уйбаан «Сунтаарым таабырыннара – саха аман өһө» диэн бэртээхэй кинигэтигэр бэйэтин түөлбэтигэр тарҕана сылдьыбыт таабырыннары түмэн таһаарбыта кэрэхсэбиллээх. Билигин да таабырыннар дьон-сэргэ ортотугар болҕомтону ылалларын, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ, уус-уран тылга кэрэхсэбили үөскэтэллэрин кэрэһилииллэр. Онон саҥаттан саҥа, сонун норуот тылынан айымньыларын холобурдарын кинигэ оҥорон бэчээттээн таһаарарбыт наадалааҕа көстөр. Ол эбэтэр таабырын төрдө Таам Татакайдар биһиги бүгүҥҥү олохпутугар баар буола турдуннар.

В.В. Илларионов, филологическай наука дуоктара, профессор, фольклор уонна култуура кафедратын сэбиэдиссэйэ

Айылҕа

Природа

Сир-халлаан

Небо и земля

1. Түөрт ааттаах кырдьаҕас баар үһү.

У одного старца четыре имени.

2. Биир харыйа уон ордуга икки салаалаах үһү.

Есть, говорят, одна ель с двенадцатью ветвями.

3. Таҥаһын биир сылга түөртэ уларыттар баар үһү.

Кто в год четыре раза свою одежду меняет?

4. Баайтан ордук баайдаах Баай Баҕадах эмээхсин баар үһү.

Богаче всех богатая дородная старуха есть, говорят.

5. Бары кинини таптыыллар, оттон кини диэки көрдөхтөрүнэ, сирэйдэрин мырдыччы тутталлар үһү.

Все его любят, но кто на него взглянет – сразу хмурится.

6. Умайар-умайар да бүппэт баар үһү.

Горит-горит, да не выгорает.

7. Уу үрдүгэр көмүс чааскы уста сылдьар да илиигэ тутуллубат үһү.

На воде золотая чаша плавает, да в руки не дается.

8. Дьааһыкка хаайыллыбат манньыат баар үһү.

Есть, говорят, монета, которую ни в какой ящик не запрешь.

9. Тыа устун иһэн лабааны таарыйбат, муора устун иһэн долгуну хамсаппат.

По лесу идет – за ветви не цепляется, по морю плывет – волн не поднимает.

10. Балаҕан үрдүгэр хаптаҕай (кэлтэгэй) хамыйах сытар үһү.

Лежит на балагане плоская (щербатая) поварешка.

11. Туохтан да тутааҕа суох ыйанан турар баар үһү.

Без ручек, ничем не крепится, а стоит.

12. Хараҥаны сырдатар баар үһү.

Есть, говорят, нечто, что темноту освещает.

13. Балаҕан үрдэ барчанан сабыллыбыт.

Крыша юрты парчой покрыта.

14. Биир оҕонньор балаакка тиирбит, үрдүгэр кумах бырахпыт, ону ким да итигэстээбэт үһү.

Один старик растянул палатку, на ней песок рассыпал, и его, говорят, никто не собирает.

15. Байҕалга сэттэ манньыат сытар үһү.

Говорят, на дне моря семь монет лежит.

16. Тыаһа суох кэлэр үһү, тыаһа суох барар үһү.

Бесшумно приходит, бесшумно уходит.

17. Халлаан уолун хайыһарын суола хаалбыт үһү.

Говорят, следы от лыж небесного сына остались.

18. Түөрт ааттаах кыыл баар үhү.

Говорят, есть зверь с четырьмя именами.

19. Биир ийэ биэс ааттаах.

У одной матери пять имен.

20. Айдаана суох айанныыр, күүгээнэ суох көтөр баар үһү.

Есть, говорят, некто, кто без шума странствует, без шума летит.

21. Кылыйан кыыһа кылыйан эрэр үһү.

Дочь Кылыяна на одной ноге скачет.

22. Эдьигээнтэн эриэн таба эргийбит.

Из Жиганска воротился пестрый олень.

23. Тыаһа суох саба барыйан кэлэр баар үһү.

Есть, говорят, такой, что бесшумно приходит и застилает все мраком.

24. Муҥура биллибэт бороҥ биэ оҕотуттан аһаан улаатар үһү.

Говорят, большая серая кобыла объедает свое дитя и за счет него растет.

25. Атаҕа суох да сүүрэр.

Без ног, а бежит.

26. Кинитэ суох дьон өлүөх этэ.

Без него (нее) люди бы умерли.

27. Арбаҕар астаах тойон үйэ тухары турар үһү.

Косматый господин век стоит.

28. Биир ийэлээх икки кыыс баар үһү. Ийэлэрэ кыргыттарыгар саҕынньах, бэргэһэ биэрбит. Ол кэннэ улахан кыыһыгар эппит: «Эн бары дьоҥҥо туһалаах, тапталлаах буолуоҕуҥ, ол иһин бэргэһэҕэр бэлиэтээтим». Кыра кыыһыгар эппит: «Эн үчүгэйгин да, ким да таптыа суоҕа. Арай саҕынньаҕыҥ сыаналаах буолуо, ол иһин тэллэҕэр бытырыыстаатым, бэлиэтээтим».

У одной матери две дочери. Обеим дала по белой дохе и белой шапке. Старшей дочери она предрекла: «Ты будешь всем полезна, все тебя будут любить, и потому я сделала метку на твоей шапке», а младшей дочери она сказала: «Ты красавица, но никто не будет тебя любить, только доха твоя будет дорого цениться, и потому я украсила подол кисточкой, поставила метку».

Айылҕа көстүүтэ

Явления природы

1. Улуу кыыл ойуулаах үһү.

Есть, говорят, зверь большой да пестрый.

2. Эргэл-дьэргэл эккирии турарын ким да булан-тутан ылбат үһү.

Мелькает да скачет, и никто не может его поймать.

3. Таҥара уола кыһыл көмүс курунан далбаатаннаҕына сир дьигиһийэр.

Когда сын божий золотым поясом машет – земля дрожит.

4. Байҕал балыга оонньообут үһү.

Говорят, заиграла в море рыба.

5. Аан дойду атыыра кистиир үhү, улуу дойду оҕуhа мөҥүрүүр үhү.

Говорят, жеребец вселенной ржет, бык великой страны ревет.

6. Айаҕын аттаҕына уот күндээрэр, тииһин хабырыннаҕына таас хайалар дэлбэритэ бараллар үһү.

Пасть раскроет – огонь сверкает, зубами заскрипит (заскрежещет) – края каменных гор отламываются.

7. Кыната суох көтөр баар үһү.

Без крыльев, а летит.

8. Халантай эмээхсин Улуу тойон сүөһүтүн быһа салаан ааспыт үһү.

Госпожа Халантай начисто слизала скот Улу-тойона.

9. Ким, тыла суох эрээри, бары тылынан кэпсэтэр баарый?

Без языка, а на всех языках говорит.

10. Сүгэтэ суох муосталаммыт баар үһү.

Есть, говорят, мост, без топора срубленный.

11. Соноҕос атыыр сойуоласпыта тоҕус сыл тухары сүппэт үһү.

Говорят, там, где молодой жеребец взрыл-разворотил, на девять лет след остался.

12. Кийиит оҕо бэриинэтин кыайан хомумматах, күтүөт оҕо атын кыайан туппатах.

Невеста перину не смогла прибрать, зятек лошадь не смог поймать.

Күн-дьыл туһунан

Ход времени

1. Биир Аал Луук Мас баар үһү.

Говорят, есть священное дерево.

2. Туут балык сэттэ кэрчиктээх үһү.

У нельмы (белорыбицы) семь позвонков.

3. Сэттэ сымыыттан биирдэрэ кыһыл көмүс үһү.

Говорят, из семи яиц – одно золотое.

4. Киһи сылайбакка түүннэри, күнүстэри барар.

Есть человек, что идет без устали день и ночь.

5. Биир кэмҥэ бары дьон биир тылынан саҥарар. Хайа кэмҥэ итинник буоларый?

Есть время, когда все люди на одном языке говорят. Когда такое происходит?

Кыыл-сүөл

Животные

Үөн-көйүүр

Насекомые

1. Сыттык анныгар сытыы быһыйа сытар үһү.

Под подушкой острый ножичек лежит.

2. Бэйэтэ дьадаҥы да, баайа үрдүгэр баар.

Хотя сам бедняк, а богатство – на голове.

3. Атах быалаах аттар бааллар үһү.

Говорят, есть кони стреноженные.

4. Сытыы тыллаах (тумустаах) өрүөл кыыл күнү-ыйы бүөлүү көтөр үһү.

Остроязыкий (остроклювый) орел, солнце и месяц застилаючи, летит.

5. Баһыгар харахтаах тугуй?

У кого глаза на макушке?

6. Соҕуруу дойдуттан торбос саҥыйахтаах оҕолор кэлбиттэр үһү.

Говорят, с юга прилетели ребятишки в телячьих дохах.

7. Ньаассын лааппылаах, тойоннуур торуоскалаах уордаах ыраахтааҕы баар үһү.

Говорят, есть грозный царь с мягкой лавкой и повелевающей тростью.

8. Ырыалаах-тойуктаах Ырыа Ыгдаанай баар үһү.

С песнями и напевами певец с короткой шеей и головой, ушедшей в плечи, есть.

9. Орто дойдуга кэлэн баран, саҥата суох төннөр баар үһү.

В средний мир приходит и безмолвно уходит.

10. Күнү көрбөт күтүр бөҕө баар үһү.

Говорят, есть чудище, не видящее солнца.

11. Ким бэйэтин саҕа сибиниэһи соһор?

Кто может тащить свинец величиной с себя.

12. От илиилээх, от атахтаах Быһа Быакатта оҕо баар үһү.

Есть, говорят, Обтянучка-перетянучка с травяной рукой, травяной ногой.

13. Халлаан сир икки ардыгар тыалтан биэрэҥэлии турар куччугуй хамныыр матаҕа баар үһү.

Между небом и землей на ветру качается маленькая подвижная сумочка.

14. Аҕыс атахтаах Араллаан бухатыыр баар үһү.

Говорят, есть восьминогий Беда-богатырь.

15. Кытай кыргыттарын кыптыыйдарын тыаһа кыһырҕаан иһиллэр.

Позвякивание ножниц китайских девушек звонко слышится.

Балык, уу-хонуу харамайа

Рыбы, земноводные

1. Ким уолугунан айахтааҕый?

У кого рот на груди?

2. Байҕал устун кыһыл чааскы аҥаара кэлбит үһү.

По морю плывет половина красной чаши.

3. Далай (өрүс) устун хатыҥ ураҕас устан эрэр (иһэр) үһү.

По большой воде (по Лене) плывет, говорят, березовый шест.

4. Көмүс алтан таҥастаах баар үһү.

Есть, говорят, некто в серебряном полосатом платье.

5. Икки илиилээх, биэс тарбахтаах да, тугу да сатаан туттубат.

С двумя руками, с пятью пальцами да не может работать.

6. Көппөх тэллэхтээх баар үһү.

Говорят, есть некто с постелью из мха.

Көтөр кынаттаахтар

Птицы

1. Таһа таас, иһэ үрүҥ көмүс, ол иһигэр кыһыл көмүс баар үһү.

Снаружи – стекло, внутри – серебро, а в нем – золото.

2. Тоһоҕо уһугар тулуйан турбат баар үһү.

Говорят, есть нечто, что на кончике гвоздя не может удержаться.

3. Бастаан төрөөтөҕүнэ сыгынньах, иккис төрүүрүгэр таҥастаах.

При первом рождении – голый, при втором – одетый.

4. Иккитэ төрөөтө да, биирдэ даҕаны сүрэхтэммэтэх.

Два раза родился, но ни разу не крестился.

5. Инчэҕэйгэ киирэр – кириэтиир, кураанахха тахсар – үөрэр, үҥкүүлүүр баар үһү.

В воду войдет – ковыряет (своим острым концом), на сушу выйдет – радуется, пляшет.

6. Булуҥ кыыһа мутук дьиэлээх үһү.

У булунской девы дом из сука.

7. Бороҕон кыыһа буор дьиэлээх, хадаар кыыһа хаар дьиэлээх үһү.

У борогонской девы – земляной дом, у хадарской – снежный.

8. Индигиир кыыһа тиит дьиэлээх үһү.

У индигирской девы – дом из лиственницы.

9. Тэнтик-мунтук хаамабын, тэлиэс-былаас дайбыыбын да, мин кэллэхпинэ бары дьон үөрэ-көтө көрсөллөр, мин кэлбиппин кэпсэтэллэр.

Хоть я и неуверенно хожу и бестолково размахиваю руками, а все же когда прихожу, все люди радостно встречают, и весь народ про мой приход говорит.

10. Алаас боотур эргийэн туран бырааттарын аһылыктанар үһү.

Teleserial Book