Читать онлайн Хомурахха хоммут хоһооннор бесплатно

Хомурахха хоммут хоһооннор

«Мин, түлэй түүн ыалдьыта…»

  • Мин, түлэй түүн ыалдьыта,
  • Хомуһуннаах тыл хоноһото,
  • Атын эйгэ туора ырыаһыта,
  • Иэйии ыарыылаах дьахтара
  • буолабын.
  • Сир ийэ көстүбэт сииктэрин
  • Сытыы иннэлээх иистэнньэҥэ,
  • Үс дойду кичим кистэлэҥин
  • Күлүүһэ суох харабыла
  • буолабын.
  • Уулаах харахтаах одуулаабат
  • Инчэҕэй илиилээх туппат,
  • Сарымтах таҥастаах чугаһаабат
  • Соргулаах аартык доҕуһуолдьута
  • буолабын.
  • Сай барар салгын илгиэрдээх,
  • Суй гынар түргэн иэйиилээх,
  • Муус тыыннаах, итии сүрэхтээх,
  • Моһуок идэлээх суруксут
  • буолабын.

Муммут дууһа

  • Күндэлэс уоттаах түннүктэр
  • Көһүтэллэр дуо миигин,
  • Сылаас чэйдээх остуоллар
  • Ыҥыраллар дуо миигин?
  • Хараҥа кууспут далайыттан
  • Халты туттар буолуом дуо,
  • Эрэл угуйар кыымыттан
  • Эмэх бэйэм умайыам дуо?
  • Сору суорар олохпор
  • Соргу күнүн көрүөм дуо,
  • Аньыым аалар муҥуттан,
  • Айыым кутун тутуом дуо?
  • Муммут дууһам кыаһыта
  • Муннук чэҥэ ууллуо дуо,
  • Маннык ыарык кыһалҕа
  • Мүччү баран түһүө дуо?

«Түлэй хара түүн…»

  • Түлэй хара түүн
  • Хараҥалыын силбэнэн,
  • Тулам бүрэ күлүгэр
  • Холбоһобун кумунан.
  • Ый эрэ ытыһын таһынар,
  • Ыт эрэ улуйан хантайар,
  • Мин эрэ иһийэн сыһыйар
  • Чох хара түүнэ уһунуон…

«Саарбах санаа…»

  • Саарбах санаа
  • Сэбирдэҕэр олорсон,
  • Хахсаат тыал
  • Холоругар ытыллан,
  • Тыллыбыт умнастан
  • Туура тутуллан,
  • Умнуллубут ыллыкка
  • Умса түһэр ынырыгыан…
  • Кылгас санаа
  • Кыымыгар кыбыллан,
  • Күлүмнүү умайар
  • Көмүлүөк түөһүттэн
  • Кыырайа көтөн
  • Кытара түһээт,
  • Балаҕан буоругар
  • Умуллан хаалар ынырыгыан…
  • Көмүс санаа
  • Кынатыгар кыттыһан,
  • Кыаллары ыралаан,
  • Күөххэ тардыһан,
  • Көнө олоххо
  • Көҥүл тыынар,
  • Кылгаһын да иһин,
  • Күндүркэй ини ньии…

«Хоһоон холбоон хоҥкуйан…»

  • Хоһоон холбоон хоҥкуйан,
  • Хомоҕой тылы халбыйан,
  • Хараҥа иэйиини хаһыйан
  • Хоройо хонобун хорооммор.
  • Тоҕо эн, тыыппа тыл,
  • Тыын сирбэр уйаланан,
  • Тоҕо куппун хат тарбыы
  • Туой туолбаккын астынан?

Хоһоон

  • Хомурахха хоммут хоһооннор
  • Хабдьы буолан көппүттэр,
  • Сииккэ сүппүт тылларым
  • Сиккиэр буолан сайбыттар.
  • Үрэххэ сырсыбыт иэйиилэр
  • Үрүмэччи кыната буолбуттар,
  • Хатыҥҥа саспыт санаалар
  • Хампа күөххэ умсубуттар.
  • Дууһа муҥур дайыыта
  • Ырыа ыллаан сапсыммыт,
  • Кутум көмүөл күрүлгэнэ
  • Куйаар устун кутуллубут.
  • Хоһоон уохтаах атынан
  • Хоту Чолбону табыйбыт,
  • Хотой кыылга олорсон
  • Халлаан сиигин тарыйбыт.
  • Хоһоон көҥүл боотура,
  • Харса суоххун, хоодуоккун,
  • Хоһоон ураты ууһа,
  • Хомуһун уоххун сөҕөбүн.

«Олох долгунун быыһынан…»

  • Олох долгунун быыһынан
  • Оҥочом устан түөрэҥниир,
  • Оргууйдук эрдинэр кыахтарым
  • Оргуйар айаммар күүһүрэр.
  • Ыйдарар сулуһум – Чолбон,
  • Ыйытар таҥарам – Чыыбыстай,
  • Ырыам сырдык ыралаах,
  • Ырам ыраах сүүрүктээх.
  • Күрүлгэн күүтэр иннибэр
  • Кыахпын тургутар көтүү,
  • Кытаат, тулус, оҥочом!
  • Күлэр күнүм, кииримэ!

«Түүҥҥү хара халадаай…»

  • Түүҥҥү хара халадаай
  • Эҥээриттэн тутуһан,
  • Түүлүм түлүк дойдутугар
  • Түлэй-балай түһэбин.
  • Күөх айылҕам былаатын
  • Көҕөрүмтүйэр күөнүгэр,
  • Күн уотун анныгар
  • Көтөн-дайан иһэбин.
  • Күһүнүм кыһыл атынан,
  • Көҕүлүттэн тутуһан,
  • Сырдырҕас тыаһынан
  • Тэйэн-тэбэн сыыйабын.
  • Сороҕор суор буолан
  • Сэргэбэр түһэбин,
  • Саба үүммүт эрбэһини
  • Соҥуора-сонньуйа көрөбүн.
  • Түүл даҕаны араастаах,
  • Аптаах дойду быһыылаах…

Ньургуһун

  • Сылластым, сылаас иэйиинэн
  • Саһархай бэйэҕин ахтаммын,
  • Сэрэнэн таһааҕын бигээммин,
  • Сэрбэйбит төбөҕүн уурааммын.
  • Аттыбар саас үҥкүүтэ,
  • Араҕас оһуор үктэлэ,
  • Алааска олох тиллиитэ,
  • Айылҕа уһуктар эргиирэ.
  • Ньургуһун сиэттиһэр түгэнэ,
  • Тапталым эргийэр иэдэһэ,
  • Ньургуһун кыбыстар киэлитэ,
  • Талаһар эрэлим иэйиитэ.
  • Сиккиэр тимэҕэ сөллүүтэ,
  • Симиктик тэлээрэ көтүүтэ,
  • Ньургуһун төбөтүн өндөтүө,
  • Ньургуннук олоххо талаһыа.

«Сааскы ырыа таптала – дииллэр…»

  • Сааскы ырыа таптала – дииллэр
  • Сиргэ быкпыт ньургуһуну,
  • Лоокуут Ньургун дьоло – дииллэр
  • Хорсун кэрэ сибэккини.
  • Кини курдук, сырдык сааска
  • Ситэн-тупсан нуоҕайыахха,
  • Кини курдук өрө анньан,
  • Сайан-сырдаан нуурайыахха.
  • Көрбүт бары үөрэ түһэр,
  • Сүрэх тэбэн мөҕүл гынар,
  • Намчы-намчы ньуолах төбө
  • Нарын-нарын Ньургу кыыс.

«Тааттам нарын хатыҥа…»

  • Тааттам нарын хатыҥа
  • Талах уолу кууспута,
  • Таптыыр сүрэх ытыһын
  • «Тутус» диэхтии ууммута.
  • Онно, үрэх уутугар,
  • Уоттаах иэйии күлбүтэ,
  • Онно, сүүрүк атаҕар,
  • Уохтаах илдьит көппүтэ.
  • Маҥан намчы харылар
  • Эдэр талаҕы бигииллэр,
  • Тулам бары иһийэн
  • Таптал кыымын кистииллэр.
  • Үөһэ, мэҥэ халлааҥҥа,
  • Үрүҥ күнүм үҥкүүлүүр,
  • Үрэх чуумпу күлүгэр
  • Үрдүк иэйии уураһар.

Сайын

  • Куйаас тыынын бүрүнэн,
  • Кустук курун тардынан,
  • Чээлэй күөҕүн тэлгэтэн
  • Кэллэ сайын, илгийэн.
  • Хамсыыр бары көҕүйэн,
  • Халлаан эмиэ көҕөрөн,
  • Тулам бары киэркэйэн,
  • Хаамта сайын, сайбайан.
  • Ылбай олох салҕанан,
  • Ырам ыллыга аһыллан,
  • Күөгэл-нусхал тыыннанна,
  • Күөйэн-хаайан күөгэйдэ.
  • Сайын, сайын барахсан,
  • Сайыһыаҕым, ыксаама,
  • Сайын, сайын, биһигим,
  • Сатыылыахха, куотума.

«Күлүм-чаҕыл күнүм уота…»

  • Күлүм-чаҕыл күнүм уота
  • Күлэн-үөрэн мичилийдэ,
  • Куйаас-найаас саба кууһан
  • Күөгэл-нусхал тула түстэ.
  • Алаас аайы солко от
  • Аргыый-аргыый хамсаата,
  • Сиккиэр тыалым тарбаҕа
  • Оргууй-оргууй тараата.
  • Үрэҕим уута, мөлбөһүйэ,
  • Халлаан чэмэлин бүрүннэ,
  • Сөрүүн күлүк талах төрдүн
  • Сөрүү тардан, онно саста.
  • Өрүс эбэм тааһын сууйа
  • Кытыл устун ыкса сүүрдэ,
  • Дьэҥкир уута араас өҥнөөх
  • Кустук курун сайгыы турда.
  • Көҥүл көтөн, күөҕү үктээн
  • Эн биһикки көрүлүөх,
  • Самаан сайын кыл кылгаһын
  • Сатыы сылдьан кэм уһатыах.

«Уһун кыһын кылгаата…»

  • Уһун кыһын кылгаата,
  • Уһун тыына мөлтөөтө,
  • Утах уота сырдаата,
  • Уоһум күлэн ыртайда.
  • Лабаа хаара чаҕылла
  • Тоҥ умнаска дьэргэйдэ,
  • Харах саатыах дьиримэ
  • Хардыы аайы имнэннэ.
  • Саас иһэрэ билиннэ,
  • Санаам эмиэ киэркэйдэ,
  • Саҥа ырам тилиннэ,
  • Сонун баҕам күүһүрдэ.

Ардах

  • Ыадаһан ыанньыйбыт былыттар
  • Ыарахан ыарынан тэниһэн,
  • Ыыстыйбыт санаанан сундуһан
  • Ыргыһан кэллилэр үрдүбэр.
  • Күндээрэр күнүм кубарыппыт
  • Көҕөрөр күөҕүн кэбирэппит,
  • Кураанах буорун өрүкүппүт,
  • Куолайа кууран күкээрбит,
  • Куйаартан сииги эрэйбит,
  • Көбүөхтээн сэниэтэ эстибит,
  • Күөгэйэн, ардаҕы ааттаспыт
  • Көҕүөрдээх сирим барахсан.
  • Чаҕылҕан курунан таһыллан,
  • Чыпчаххай тыаһынан куһууран,
  • Хайыта бардылар былыттар,
  • Хаһыыра түстүлэр дьааһыннар,
  • Хатан-хабараан халлаантан
  • Халыс гынна уу муора,
  • Хатан сыппыт хара буорга
  • Хабах үллэн тэһэ барда,
  • Чоҕул таммах тэйэ-тэйэ
  • Чобуо битии тэптэ, тэптэ.
  • Куттас куттаах быкпат гына
  • Курбуу уота күлүмнээтэ,
  • Кэрэ-намчы көрбөт гына
  • Көҥдөй тыас лүҥкүнээтэ,
  • Иҥнэри барыах илиттэ
  • Түҥнэри барыах инчэттэ,
  • Лүҥсүйэн-лоҥсуйан олордо,
  • Лаппыйан-липпийэн биэрдэ,
  • Сүүрүктэр сүүрүгүрдүлэр,
  • Үрүйэлэр үҥкүрүстүлэр,
  • Хара уу халыйда,
  • Үрүҥ уу үлүннэ,
  • Олус омуннуран
  • Уоҕа хараата,
  • Уостан хаалла,
  • Халлаан халынна,
  • Үрүҥ Айыы тыынна.
  • Сир ийэ тилиннэ,
  • Симэҕин иилиннэ,
  • Сир киһитэ илгиһиннэ,
  • Сирэм күөх эргилиннэ.

Күһүн

  • Түүнүм кэллэ, барыйа,
  • Күнүм куотта, сыбдыйа,
  • Турдум манна, хомойо,
  • Барбыт кэммин бэрийэ.
  • Күһүн буолла, кытара,
  • Көмүс суола дыргыйа,
  • Көтөр санаа үрдүккэ
  • Көтөр курдук сапсына.
  • Сарсын кэлиэ, кылыйа,
  • Саҥа суолу арыйа,
  • Арай хаалыа, сайыһа,
  • Ааспыт сайын амтана.

«Лыҥкынас мин көмүс тапталым…»

  • Лыҥкынас мин көмүс тапталым
  • Лабааттан лабааҕа даҕайа ыллаата,
  • Сүүс араас куоласка ыһылла,
  • Күһүҥҥү үҥкүүгэ тэлээрэ кыттыста.
  • Айылҕам араҕас хараҕын уулара
  • Алары, алааһы бүрүйэ толордо,
  • Сайыҥҥы кэрэни сүтэрэр хомолто
  • Сиккиэргэ суулана кэриини кэрийдэ.
  • Күһүнүм, көмүһүм, кэтэспит уоскулаҥ,
Teleserial Book